Новости

Марина Богословская атын министиэристибэҕэ көстө

Бүгүн Ил Дархан Марина Богословскаяны СӨ Инвестициялаах сайдыытын уонна урбаан миниистирин солбуйааччытынан анаата. Бу иннинэ кини үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччытынан олорбута.


Ыспыраапка


1960 сыллаахха Саха АССР Үөһээ Дьааҥы оройуонун Баатаҕай бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. 1983 сыллаахха Москубатааҕы геодезия, аэросъемка уонна картография институтун бүтэрбитэ.


1983-1985 сс. – Дьааҥытааҕы геологоразведочнай эспэдииссийэ топогроба.


1985-1986 сс. – Дьааҥытааҕы геологоразведочнай эспэдииссийэ хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ.


1986-1989 сс. – Үөһээ Дьааҥытааҕы ВЛКСМ оройуоннааҕы кэмитиэтин иккис сэкэритээрэ.


1989-1993 сс. – Үөһээ Дьааҥытааҕы толорор кэмитиэт уопсай отделын уонна ГТАС сэбиэдиссэйэ, Үөһээ Дьааҥы норуодунай дьокутааттарын сэбиэтин дьокутаата, доруобуйа харыстабылыгар уонна үөрэхтээһиҥҥэ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ.


1993-2016 сс. – урбаанньыт, “Мастер-регион” ХЭУо дириэктэрэ.


2016-2017 сс. – “Региональное агентство энергоресурсосбережения” ГБУ дириэктэрин солбуйааччы.